Марк Потапов – тапталлаах кэргэн, түөрт оҕо амарах аҕата. Дьаархан нэһилиэгиттэн төрүттээх.

Кини оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Одун» үҥкүү ансаамбылыгар сылдьыбыт, кыралаан успуордунан дьарыктанан, чуолаан атах оонньуутунан. Тыа сирин оҕото буоларын быһыытынан от-мас үлэтигэр сыстаҕас, дьиэҕэ да таах сыппат уол эбит.

Улаатан, оскуоланы бүтэрэн баран, үлэҕэ үөрүйэх, сыстаҕас, ханнык баҕарар үлэттэн толлон турбат эдэр киһи ОДьКХ Сунтаардааҕы филиалыгар үлэлээбит. Онтон 2022 сыллаахха мобилизацияҕа түбэһэн үгүс элбэх уолу кытары анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр барар. Манна алта ый сылдьан баран, элбэх оҕолооҕунан дойдутугар кэлбитэ.

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа дойдутугар кэлбитин кэннэ Саха Сирин быыһыыр сулууспатын Сунтаардааҕы КСП-тыгар ыҥыраллар. Уол тута сөбүлэһэн, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэтиттэн уурайан 2023 с. быыһааччы буолар. Эрдэ араас быһылааннар таҕыстахтарына мэлдьи волонтер быһыытынан көрдүүр-быыһыыр үлэлэлэргэ кыттара. Ону эрдэттэн бэлиэтии көрөн, быыһыыр сулууспа Сунтаардааҕы салайааччыта Артем Яковлев байыаннай дьайыы бэтэрээнэ уолу үлэҕэ ыҥырдаҕа буолуо. Ол саҕана быыһыыр сулууспа Сунтаардааҕы этирээтигэр Артем Борисович соҕотоҕун үлэлиирэ.

Быыһыыр сулууспаҕа үлэлии сылдьан былырыын бэс ыйын 1 күнүгэр хантараак баттаһан, «Боотур» этэрээтигэр киирэн эмиэ АБДь-га алта ыйга барар. Алта ый сулууспалаан, болдьоҕо түмүктэнэн, бу тохсунньуга дойдутугар кэлбитэ. Ол кэлэн баран, быыһыыр сулууспатыгар үлэлии сылдьар.

АБДь-га бастаан сылдьарыгар гранатометчик эбит. Бу иккис барыытыгар санитарынан сылдьыбыт. «Барыам иннинэ кууруска үөрэнэн, бастакы көмөнү оҥорорго үөрэммитим, олус туһалаата. Билигин үлэлии сылдьар тэрилтэбэр да туһалыыра саарбаҕа суох», – диэн этэр.

Марк кэпсэтиибит түмүгэр улуус олохтоохторугар ыраах айанныыргытыгар ичигэс таҥастаах, суоппардар массыынаҕытын эрдэттэн көрүнэн баран трассаҕа тахсыҥ диэн этэр. Аны бу кэлиҥҥи кэмҥэ саастаах, ыарыһах дьон дьиэлэриттэн тахсан баран хаалаллара баар диир. «Деменция диэн ыарыы олустаата. Бу маннык ыарыылаахтар дьиэлэригэр олорон эмискэ урукку кэмнэрэ өйдөрүгэр киирэн хаалар эбит. Ол аата, урут ханна эрэ сылдьыбыттарын, ханна эрэ барыахтаахтарын өйдөөн кэлэн, таһырдьа тахсан хаалар түбэлтэлэрэ баар буолуон сөп», – диир быыһыыр сулууспатын байыаһа. Дьиэ кэргэн кырдьаҕас, ыарыһах дьоҥҥутугар мэлдьи болҕомтоҕутун уура сылдьыҥ диэн сэрэтэр.

Яина ВЛАСЬЕВА
Сунтаар сонуннара